top of page
Поиск
  • p03n06

Ыам ыйа - Иэйэхсит

Обновлено: 26 мая 2020 г.

Күөгэл - нусхал,

Күөгэл - нусхал,

Күөгэл - нусхал!

Уйгуну оҥорооччу,

Илгэни биэрээччи,

Ойуулаах от - мас төрдө,

Хамсыыр харамай ийэтэ,

Амарах санаалаах,

Аһыныгас сүрэхтээх,

Атаҕар алгыстаах,

Илиитигэр эҕэрдэлээх,

Биири биэс гынар,

Биэһи биэс уон биэс гынар

Күн Иэйэхсит Ийэ хотун,

Бэттэх көрөн

Мичик гын! Дом.

Бу ыйга айыл5а5а сыһыаммытын салайабыт.

  • оту - маһы, иитиэх кыылы-сүөлү харыстаа.

  • ууну, ойууру киртитимэ.

  • айылҕаҕа сылдьан мээнэ айдаарыма.

  • дьиэ чугаһынааҕы сири -уоту, иитиэх кыылы - сүөлү көрүөххэ - харайыахха.




53 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все
bottom of page